Ырыа кырдала > Оҕолорго > ЭЙЭ ЫРЫАТА
ЭЙЭ ЫРЫАТА18 января 2009, 16:41. |
ЭЙЭ ЫРЫАТА
Леонид Попов тыллара, Николай Бойлохов мелодията Мин Сахам сиригэр Күөх хочо күөнүгэр Ымыылар ыллыыллар, Хатыҥнар хамсыыллар. Мин Сахам сиригэр Күөх хочо күөнүгэр Саһархай бурдуктар Саһарҕа курдуктар. Хотугу кыраайбыт— Хорсун дьон дойдута, Үөрүүнэн барҕарбыт Дьол, эйэ дойдута. Сахалар, нууччалар, Эбээннэр, чукчалар, Эйэни айабыт, Дьолбутун тутабыт. « Төттөрү |