КЫЫСЧААНЫМ Печать    
КЫЫСЧААНЫМ
Ф. Филиппов тыллара, Валерий Платонов мелодията

Хампа күөхтээх кырыска
Хааман үөртэ кыысчааным.
Охтон түстэ күөх окко
Оччугуйкаан оҕокком.

Хос ырыата:

Чээним, чээним кыысчааным,
Чэмэлийэр чыычааҕым,
Чэйиий хааман туотайыый,
Чэпчэкитик эн дайыый.

Кыракыйкаан илиитин
Кынат курдук даллатта,
Ыраас күнү тутаары
Ытысчаанын саратта.

Хос ырыата.

Эрбэгэркээн төбөтө
Эргичиҥниир лэкээрэ,
Өссө хааман үөрдээри,
Өрөлөһөр түһээри.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".