ЛЕНИН СИРИН ДЬОННОРО Печать    
Күннүк Уурастыырап тыллара

Ленин сирин дьонноро
Айылҕаны кыайаллар.
Көҥүл норуот дьоллоро
Күөх уоттуу умайаллар.

«Эс-эс-эс-эр»— көтөр аал
Мотуордара ыллыыллар,
Барылыы сытар байҕал
Балкыырдара тыаһыыллар.

Сир хотугу муннугар
Шмидт тиийэн былаах аста —
Кыраай муҥур уһугар
Кыһыл сулус таҕыста.

Айманар муус хайалар
Аалсыһа анньыһаллар,
Баараҕай арҕас бааллар,
Барылыы баргыһаллар.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".