Ырыа кырдала > Ноговицын И. > ТУЛА ӨТТҮМ ТУЛА ХААР
ТУЛА ӨТТҮМ ТУЛА ХААР15 августа 2007, 17:56. |
П. Тобуруокап тыллара
Тула өттум тула хаар, Чуучугуруур тунал хаар! Үрүҥ көмүс оһуор тыа Симэхтэрэ илирдиир, Кылбачыйар кыым кырыа Күн уотугар дьиримниир. Тула өттүм тула хаар, Чуучугуруур тунал хаар! Хотоол хонуу сирдэрбэр Хомурахтар хоммуттар, Ыарҕа талах кэриилэр Ыллыктара оспуттар. Тула өттүм тула хаар, Чуучугуруур тунал хаар! Куруппааскы ойуулуур Кыраһата кылбаарда, Халыһыйар, дьурулуур, Хайыһарым кыйаарда. Тула өттүм тула хаар, Чуучугуруур тунал хаар! Халысханнаах сыырдарбар Хайыһарбын салайдым, Ыраас кылбаҥ хаардарбар Ыллыы-туойа дьаарбайдым! « Төттөрү |