КҮӨРЭГЭЙ Печать    
Марфа Куличкина тыллара

Кып-кыра күөрэгэй,
Күөх оттон күүс ылан,
Күөгэйэр үрдүккэ
Күөрэйэн тахсаҥҥын

Хос ырыата:

Дьиэрэй дуу, дьиэрэй дуу
Дьиримнии сылдьаҥҥын,
Күөрэй дуу, күөрэй дуу,
Күөрэгэй чыычааҕым.

Оо, кыра эрээри
Модун да күүсгээххин,
Дьон-аймах дууһатын
Эн үөрдэр аптааххын.

Хос ырыата.

Ытыспар ыламмын
Ыллата турдарбын,
Ол ырыаҥ сүмэтин
Сүрэхпэр куттарбын!

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".