Ырыа кырдала > Никифоров Георгий > ТУЛЛУКТАР
ТУЛЛУКТАР19 сентября 2007, 22:03. |
Егор Никулин тыллара
Кэрэчээн туллуктар Биһиэхэ кэлбиттэр. Тунал хаар үллүктээх, Сарыалтан күлбүттэр, Туллуктар кэпсииллэр "Саас иһэр" дэһэллэр, Сыа хаарга оонньууллар. Дьиэрэҥкэй тэбэллэр. Кэрэчээн туллуктар Хотугу холууптар, Эһиги эбиккит, Ол иһин кэлбиккит. Сүүсчэлээх оҕонньор, Сукуйдаах оҕолор Эйигин көрсүһэ Эһиэкэй этэллэр. Туллуктар көттүлэр, Көччүйэ дайдыннар, Үөһэттэн көрдүннэр, Ырыаны айдыннар. Эйэ, дьол кэскилин, Айылҕа киэргэлин, Мин сахам дойдутун Уруйдуу туойдуннар. « Төттөрү |