Ырыа кырдала > Никифоров Георгий > ЭЙЭ, ДЬОЛ ИҺИН
ЭЙЭ, ДЬОЛ ИҺИН15 августа 2007, 17:53. |
С. Тимофеев тыллара
Сэрии буолбатын, Хаан тохтубатын Сирэм күөх сиргэ! Өрүү чэлгийэ, Үүнэ, чэчирии Турдун күн сирэ! Хос ырыата: Суох буоллун сэрии, Суох буоллун өлүү! Туругур, эйэ! Эйэ! Эйэ! Бары сир устун Бары дьон, түмсүҥ— Эйэ, дьол иһин. Кэккэбит хаҥыы, Кэккэбит үксүү Туруохтун биһи. Хос ырыата. Өрүү үүнэ тур, Өрөгөйдүү тур, Эйэ дьыалата. Дьолу көмүскүүр Боростуой дьоммут Бука барыта! Хос ырыата. Эрэл санаанан, Эрчим хаамыынан Баран иһиэҕиҥ, Суолбутун ыйар, Сырдата тыгар Кремль биһиэхэ. Хос ырыата. « Төттөрү |