Ырыа кырдала > Никаноров Виктор > МИН САНААМ ДОҔОРО
МИН САНААМ ДОҔОРО15 августа 2007, 17:52. |
В. Попов тыллара
Элэктиир уон араас тылларта:н Кыбыстан эн куотан хаалыма. Эрчимнээх эдэркээн сыллартан Тапталтан эн куота хаамыма. Эн ханна буолуоҥуй, Ырыабын истиэҥий, Мин санаам доҕоро. Тэтэркэй сибэкки тутуурдаах, Сэгэриэм, мин тиийиэм эйиэхэ. Инники олохпут кэскиллээх Таптала ананнын биһиэхэ. Харахпар эн бааргын, Сүрэхпэр — эн аатыҥ, Мин санаам доҕоро. Будьурхай үөттэрдээх үрэххэ Тамныыбын кыракый таастары, Ол көстөр дьиримниир иилэргэ Көрөбун хап-хара хаастары. Ол иһин ыллыыбын, Ырыабар дьоллоохпун, Мин санаам доҕоро. « Төттөрү |