СААСКЫ ТАММАХ ЫРЫАТА Печать    
Леонид Попов тыллара

Аалай күнүм уотуттан
Ала чуоҕур хаардаммыт
Сардаҥалаах сарайтан
Таммалаата таммахпыт
Талыы алмаас таммахтар
Таммалыыллар, сүүрэллэр...
Халыҥ хаары хаһаллар,
Муустаах буору үүттүүллэр.

Хос ырыата:

Күүстээх-уохтаах таммахпыт
Күлэн-салан кылбаҥныыр,
Ыллаан-туойан, таммахпыт
Үөрэ-көтө лыҥкыныыр.

Таммах сүүрээн буолуоҕа,
Үрэх буолан сүүрдүөҕэ,
Лена диэки куотуоҕа.
Лена хоту илдьиэҕэ
Таммах-таммах таммалыыр,
Таммах—улуу бухатыыр:
Кыһыннары киэр кыйдыыр,
Сандал сааһы саҕалыыр.

Хос ыр ыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".