Ырыа кырдала > Михеев Ефим > КЭРЭ БҮЛҮҮ
КЭРЭ БҮЛҮҮ20 августа 2008, 21:02. |
Ефим Михеев тыллара
Эмпэ далай эбэ хотун, эҥсилгэннээх кэрэ Бүлүү, Үгүс үйэ сорун-дьолун өйдүүр эбээт сүүрүгүҥ, Хаһан саха көҥүл көрдөөн Халыан күүскүн өксөйтөй? Муҥкук саха быстан-ойдон Муҥун туойар кэмнэригэр Барҕа баайдаах тайҕаҥ, чүөмпэҥ Быыһыыр этэ өлүүттэн, Бүтэй чуумпу, наҕыл бэйэҥ Булуоҥ диириҥ сир дьолун. Бүгүн нуучча, саха мустан, Бүгүс күүскүн тааска хаайан, Дьыбар дойдум ирдин диэннэр, Чаҕыл уоту кутаалаан, Түүнүн күнү күндээртилэр Түүлбүт илэ эргийдэ. « Төттөрү |