Ырыа кырдала > Михайлов Дмитрий > ЫАННЬЫКСЫТ КЫЫС ЫРЫАТА
ЫАННЬЫКСЫТ КЫЫС ЫРЫАТА15 августа 2007, 17:33. |
И. Слепцов тыллара
Сытыы-хотуу, бэһиэлэй, Сэмэй сэгэр Баһылай, Тоҕо көрсөөт, сүрэҕим Долгуйара буолуоҕай? Сэмэй сэгэр Баһылай, Тоҕо ити долгуйар? Ынахтарбын ыы сылдьан Ырыаларбар ахтабын, Утуйаары да сытан Уоспар ааккын ааттыыбын. Сэмэй сэгэр Баһылай, Тоҕо ити ааттыыбын? Сонуҥ түспүт тимэҕин Түһээн тигэн биэрбитим, Ийэм күндү бэлэҕин Ылбыт курдук үөрбүтүм. Сэмэй сэгэр Баһылай, Тоҕо ити үөрэбин? Сытыы-хотуу, бэһиэлэй, Сэмэй сэгэр Баһылай, Тоҕо көрсөөт сүрэҕим Долгуйара буолуоҕай? Сэмэй сэгэр Баһылай, Тоҕо ити долгуйар? « Төттөрү |