Ырыа кырдала > Михайлов Дмитрий > ЭТИИЙ, ХАННА БУОЛУОҤУЙ?
ЭТИИЙ, ХАННА БУОЛУОҤУЙ?15 августа 2007, 17:27. |
Д. Михайлов тыллара
Тэтиҥ маска сэбирдэх Тэлибирии тыллыыта, Көҕөрөөхтүүр күөх симэх Күөгэлдьийэ хамсыыта Хос ырыата: Этиий, ханна буолуоҥуй? Этиий, ханна буолуоҥуй? Үөттээх үрэх үрдүнэн Түптэ буруо унааран, Саха ыала мунньустан Сайылыкка тахсыыта Хос ырыата: Этиий, ханна буолуоҥуй? Этиий, ханна буолуоҥуй? Ыраах, чугас сирдэртэн Ыччаттарбыт түмсүүтэ, Үлэ-үөрэх аргыстаах Үөрэ-көтө көрсүүтэ Хос ырыата: Этиий, ханна буолуоҥуй? Этиий, ханна буолуоҥуй? Кэрии тыаҕа күн саһан Нуурал киэһэ түһүүтэ, Олох улуу кыайыытын Оһуокайга туойууга Хос ырыата: Этиий, ханна буолуоҥуй? Этиий, ханна буолуоҥуй? « Төттөрү |