Ырыа кырдала > Михайлов Дмитрий > УОТТААХ ТҮҮҤҤҮ ДЬОКУУСКАЙ
УОТТААХ ТҮҮҤҤҮ ДЬОКУУСКАЙ15 августа 2007, 17:15. |
Альберт Бүлүүйүскэй тыллара
Тыһыынчанан уот лаампалар Тырымнаһа умайаннар, Асфальт иэннээх уулуссалар Арылыһа сырдааннар Хос ырыата: Тула сырдыыр, Сүрэх ыллыыр, Тоҕо бэрдэй, үчүгэйэй Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай! Харахтарын уоттарынан Хараҥаны миинньиктээннэр, Халтарыһан, сырылаһан Массыыналар элээрэннэр. Хос ырыата. Болуоссакка, ханна эрэ, Сииккэ суунар сибэккилии, Аан бастаан килбик, кэрэ Тапталбытын эҕэрдэлии Хос ырыата. Саха вальса мыраан диэки Салгын устун намылыйар, Маяк буолан, хоту сиргэ Мааны куорат сандаарыйар. Хос ырыата. « Төттөрү |