ТААС ҮРҮЙЭ БАРАХСАН Печать    
Иван Гоголев тыллара

Таас үрүйэ барахсан
Тэйиэккэлиир сүүрүгэ
Сүрэҕи долгутан
Сүүрэрэ кэрэтин.

Таас үрүйэ барахсан
Эбээн кыыһа көрүнэр
Сиэркилэтэ буолаахтаан,
Аралыйа дьэҥкэрэр.

Таас үрүйэ барахсан
Барҕа баайа аатырыа,
Хобо-чуораан тылынан
Аан дойдуга чугдаарыа.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".