УОТТААХ ТҮҮҤҤҮ ДЬОКУУСКАЙ Печать    
Альберт Бүлүүйүскэй тыллара

Тыһыынчанан уот лаампалар
Тырымнаһа умайаннар,
Асфальт иэннээх уулуссалар
Арылыһа сырдааннар

Хос ырыата:

Тула сырдыыр,
Сүрэх ыллыыр,
Тоҕо бэрдэй, үчүгэйэй
Уоттаах түүҥҥү Дьокуускай!

Харахтарын уоттарынан
Хараҥаны миинньиктээннэр,
Халтарыһан, сырылаһан
Массыыналар элээрэннэр.

Хос ырыата.

Болуоссакка, ханна эрэ,
Сииккэ суунар сибэккилии,
Аан бастаан килбик, кэрэ
Тапталбытын эҕэрдэлии

Хос ырыата.
Саха вальса мыраан диэки
Салгын устун намылыйар,
Маяк буолан, хоту сиргэ
Мааны куорат сандаарыйар.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".