ТҮҮЛ Печать    

Михаил Семенов тыллара 

Мин бөөлүүн элбэҕи түhээн көрдүм,
Туох эрэ сүтүкпүн сырсан көрдүм,
Түүннэри эрэй бөҕөтүн көрдүм,
Тугу көрдүү сатаабыппын өйдөөбөтүм.
Мин бөөлүүн дьиктини түhээн көрдүм,
Уhуктан түүлбүн ырытан көрдүм.
Саҕахтан саҥа күнүм тахсарын көрдүм,
Тугу түhээбиппин дьэ өйдөөммүн үөрдүм.

Көрдөстүм, эн истиҥ доҕор буолууй миэхэ,
Мин илдьиппин тиэрдиий киниэхэ,
Күнүм-ыйым тэҥэ киhиэхэ,
Өссө көстө турдун дуу миэхэ, миэхэ, миэхэ мин түүлбэр...

Түүлбэр дуу, илэ дуу көстөн ыллын,
Сүрэхпэр сүрүн миэстэтин ыллын,
Олохпун тус илиитигэр ыллын,
Хас саҥа үүнэр күннүүн тэҥҥэ тылыннын.
Саҥа күн, мин баҕабын толорууй,
Сүрэхпин эрэлинэн толорууй,
Быhаҕас дьолбун ситэрэҥҥин толорууй,
Атыттар курдук миигин эмиэ дьоллооруй.

Көрдөһөбүн, истиҥ доҕор буолууй миэхэ,
Мин илдьиппин тиэрдиий киниэхэ,
Күнүм-ыйым тэҥэ киhиэхэ,
Өссө көстө турдун дуу миэхэ, миэхэ, миэхэ мин түүлбэр...



 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".