КЫРДАЛ КЫЫҺА Печать    
Петр Тобуруокап тыла

Арылыйар кустук
Дьэрэкээнин курдук,
Оһуор симэх устун
Долгуддьуйан устан,
Иһэр кырдал кыыһа,
Кылбардыырым сыыһа.

Туохтан маннык үөрдүҥ,
Чоҕулуччу көрдүҥ,
Саҥа былаат баанныҥ,
Сардаҥалыы кыыстыҥ,
Кырдал, кырдал кыыһа,
Кылбардыырым сыыһа.

Долгуннурар аһын
Аргыый өрө аста,
Хамсыыр хара хааһын
Оонньотолуу турда
Кырдал, кырдал кыыһа,
Кылбардыырым сыыһа.

Бардым, бардым ыраах,
Миигин күүтэр үөрэх,
Үтүө суолга тустаах
Үөрдэ-көттө сурэх...
Кырдал, кырдал кыыһа,
Кылбардыырым сыыһа.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".