«КИМИЙ?» ДИИБИН... Печать    
Семен Данилов тыллара

Оһуокайга оҕо дьоннор
Оонньуулара тахсыбат,
Сырдык дьиэттэн эдэр дьоннор
Харахтара арахпат.
«Кимий?» — диибин,
«Кини», — дииллэр,
Кими эрэ кистииллэр.
«Тугуй?» — диибин,
«Тулуй», — дииллэр,
Тугу эрэ кэтииллэр.

Дьоннор бары бэркиһииллэр,
Бары үөрэ кэпсииллэр,
Кини манна кэлиэ дииллэр,
Кими эрэ күүтэллэр.
«Кимий?» — диибин,
«Кини», — дииллэр,
Кини аатын эппэттэр.
«Тугуй?» — диибин,
«Тулуй», — дииллэр,
Тугу эрэ кистииллэр.

Ферма дьиэтин сырдык аана
Аһылларын кытары,
«Иһэр», — дииллэр үтүө-мааны,
Эдэр кыыһы дьон бары.
«Кимий?» — диибин,
«Кини, — дииллэр,
Кэрэхсэллээх киһибит».
«Тугуй?» — диибин,
«Герой», — дииллэр,
Туйгун, үтүө ыанньыксыт.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".