САҤА ДЬЫЛ Печать    
Клара Васильева — Тэрчи тыллара

Саҥа дьыл үүнүүтэ
Сайаҕас иэйиилээх,
Соргу дьол кэлиитэ
Соһуччу үөрүүлээх

Хос ырыата:

Саҥа дьыл киэһэтэ,
Сандаара тырымнаа,
Саҥа дьыл иэйиитэ,
Санаабын кынаттаа.

Саҥа дьыл аайытын
Дьылҕабын ааттыыбын
Харыйам лабаатын
Аахтара алгыыбын

Хос ырыата.

Саҥа дьыл эрэлэ
Самныбат буолуохтун
Дьон-сэргэ сүрэҕэр
Дьол уйа тутуохтун

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".