Ырыа кырдала > Лобанов Федор > ЭН КОМСОМОЛ — МИН ДЬОЛУМ
ЭН КОМСОМОЛ — МИН ДЬОЛУМ15 августа 2007, 16:57. |
Федор Лобанов тыллара
Комсомол, комсомол, Эн ыстаал кэккэҕэр үүнэбин. Бу улуу көҥүл дьол Буомнарын түөспүнэн тэлсэбин Хос ырыата: Аалай уоттаах сулуһуҥ Айар, тутар суолдьутум, Эн комсомол, Эн комсомол, Эн комсомол—мин дьолум. Ыар-курус чаастарбар Олоҕум доҕоро буолаҥҥын Мин ыраас дууһабар Уоспат күүс төлөнү уматтыҥ. Xос ырыата. Комсомол, эн эрэ Кылбайар кырдьыккын хоһуйсан Сүрэхтэн дьиҥ кэрэ Мин ырыам иэйиитэ. Xос ырыата. Ленин диэн кынаттаах Бойобуой ааккынан киэн туттан Мин дьоллоох-соргулаах Олоҕум эйиэхэ ананар. Хос ырыата. « Төттөрү |