ТАБАЛАР Печать    
Михаил Тимофеев тыллара

Табалар, кынаттаах табалар,
Туундара халлаанын анныгар
Чуорааннаах чугдаара турдулар,
Туллуктуу көттүлэр туркулар.

Табалар, оноҕос табалар,
Тобурах хаарынан ыстылар,
Туманнаах буурҕалар, силлиэлэр
Тохтооннор чугуйан биэрдилэр.

Табалар, туос маҥан хабдьылар! -
Туруук таас хайалар, чыыстайдар,
Намыһах сис тыалар, алыылар
Тунаара субуллан аастылар...

Табалар, уот сындыыс табалар,
Дьүкээбил төлөнүн сырдыгар,
Килэгир муус куйаар ньууругар
Кырыымпа кылларын сыыйдылар.

Ытылҕан айаннаах табалар,
Ый уота ыһыллар муостаахтар! -
Ураһа уоттара кытыастар,
Ууналаан, уот саҕар туйахтар.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".