Ырыа кырдала > Корякин Владимир (Индигирский) > САХАМ СИРЭ
САХАМ СИРЭ15 августа 2007, 16:46. |
Николай Чуор тыллара
Байанайдаах мин аар тайҕам, Сахам сирэ, Сахам сирэ ытык дьылҕам. Кылбаа маҥан саҕынньахтаах Көмүс, көмүс, алмаас, алмаас киэргэллэрдээх. Хос ырыата: Олоҥхолоох Сахам сирэ, Сахам сирэ, Оо, мин дойдум, Сахам сирэ, күндү кэрэ Сүрэх үөрэр, дьикти сирэ Эйигиттэн дууһам иэйэр Оо, мин дойдум, оо, мин дойдум Сахам сирэ. Улуу модун Өлүөнэбэр, Күлүмүрдэс, күлүмүрдэс күн сөтүөлүүр, Таба баайдаах Хоту сирбэр Дьүкээбилэ, дьүкээбилэ дьирибиниир. Хос ырыата. Самаан сайын үгэнигэр Сахам дьонун, сахам дьонун ыһыаҕар Тойүк-ырыа дуораһыйар, Эһиэкэйбит, эһиэкэйбит дьиэрэһийэр. Хос ырыата. Ытык ырыа булгу туолуо Үрүҥ Уолан үөрэн туойуо Түйаарыма дьолун булуо! Үтүө олох, үтүө олох уйгу буолуо! Хос ырыата. Унаарыйыа торҕо буруо Олоҥхобут, олоҥхобут дьолоһуйуо, Кэрэ кэскил кэҥии туруо. Сахам сирэ, Сахам сйрэ туругуруо. Хос ырыата. « Төттөрү |