Ырыа кырдала > Корякин Владимир (Индигирский) > АБЫЙ
АБЫЙ15 августа 2007, 16:37. |
Григорий Дохунаев тыллара
Төһө да сылайан, сылбай уум Сыттыкпар саба баттаатын Түүлбэр киирэҕин хаан-уруулуу Сирим-дойдум Эн өрүүтүн, Бу туох хомуһунуй, туох абый, Төрөөбүт ийэ буорум, Абый? Ханна да тэлэһийэ мин сылдьыым. Тугу да сөҕүүм-махтайыым - Эйиэхэ баар бары чугас, дьикти, Ордук буолар эбиттэр дии? Бу туох хомуһунуй, туох абый, Төрөөбүт ийэ буорум, Абый? Атын сиргэ үөрэниим, үлэлиим Тугум эрэ суох, тиийбэт курдук... Арай эйиэхэ мин эргиллиим - Оччоҕо дуоһуйабын, оо дойдум! Бу туох хомуһунуй, туох абый, Төрөөбүт ийэ буорум, Абый? « Төттөрү |