ДЬОКУУСКАЙ САҤАРАР Печать    
Иван Алексеев тыллара  (Саха радиотын 75 сылыгар анаммыт ырыа)

Сахабыт сиригэр - иэнинэн
Радио долгуна тэнийэр,
Ыал аайы сүрэҕи долгутан
Yтүөҕэ, кэрэҕэ ыҥырар.

Хос ырыата:

Иhирэх тылынан Дьокуускай,
Саҥарар, саҥарар Дьокуускай!

Булчута дойдуга бэлэҕин,
Балыксыт быйаҥнаах үлэтин,
Алмаасчыт доҕорбут үөрүүтүн
Таас чохпут хостонор өлгөмүн.

Хос ырыата.

Барытын сырдатар Дьокуускай,
Саҥарар, саҥарар Дьокуускай!

Хоту сир урукку олоҕун,
Бүгүҥҥү баараҕай олоҕун,
Сарсыҥҥы чаҕылхай кэскилин,
Ийэ сир тэлэйэр кирбиитин.

Хос ырыата:

Ойуулаан-оhуордаан Дьокуускай,
Саҥарар, саҥарар Дьокуускай.
Бар дьоҥҥо арыйар Дьокуускай,
Саҥарар, саҥарар Дьокуускай.

Пусть столетья мимо пройдут,
Пусть промчатся мимо года
"Говорит Якутск!"- с этих слов
Будет рождаться день всегда.

Припев:

"Говорит Якутск! - с этих слов
Будет день рождаться всегда
Бар дьоҥҥо арыйар Дьокуускай
Саҥарар, саҥарар Дьокуускай!
"Говорит Якутск!" - с этих слов
Будет день рождаться всегда.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".