ЫЛЛЫАҔЫҤ НАП-НАМЫЫН ЫРЫАНЫ Печать    

Степан Дадаскинов тыллара

Ыллыаҕыҥ нап-намыын ырыаны
Ый, сулус иһиллиир ырыатын
Маҥан хаар оргууйдук,наҕыллык
Түһэрин санатар ырыаны.

Ыллыаҕыҥ, күн-таптал туһунан
Ып-ыраас, сып-сырдык тылынан
Сүрэхпит суохтаата даҕаны
Ол намыын, ол кэрэ ырыаны.

Бу сиргэ, дойдуга биир эрэ
Биир кэрэ ырыа баар, быһыыта,
Ол таптал, ол таптал иэйиитэ
Туойуллар нап-намыын ырыата.

Мунчаарар, санньыйар түгэммэр
Мин нарын тапталбын ыллыыбын
Оччоҕо сааскы күн күлүмэ
Тыкпытын кэриэтэ сырдыыбын.







 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".