ЫЛЛАА МИЭХЭ, СИЭСТЭРЭМ Печать    
В. Чиряев тыллара

Ыллаа миэхэ, сиэстэрэм,
Ыйдаҥаҕа долгутан,
Саллар этиҥ, сааскы кэм
Сардаҥатын санатан.

Киэһэ көтөр саҥата
Төйө намтыы уоскуйда,
Тимир ууһун кыһата
Чуҥкунуура уурайда.

Ыллаа: хайдах кыыс санаан,
Ыраах уолун күүппүтэй,
Хараҥа түүн быыһыттан
Хап-харанан көрбүтэй,

Ыллаа миэхэ, сиэстэрэм,
Ыйдаҥаҕа долгутан,
Саллар этиҥ, сааскы кэм
Сардаҥатын санатан.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".