ОО, ВРАЧ БАРАХСАН Печать    
Е. Васильев тыллара

Үтүөкэн майгылаах,
"Үтүөрүеҥ" диэн тыллаах,
Үчүгэй ыралаах,
Үүт-маҥан халааттаах

Оо, врач барахсан,
Оо, врач барахсан.

Истиҥниир мичээрдээх,
Эйэҕэс бэйэлээх,
Эгэлгэ эмтэрдээх,
Имигэс илиилээх

Оо, врач барахсан,
Оо, врач барахсан.

Өлүүлүүн мөккүһэр,
Өлбөт мэҥэ илгэлээх,
Күн ийэ майгылаах,
Күн аҕа санаалаах

Оо, врач барахсан,
Оо, врач барахсан.

Хайҕалбын, махталбын
Хайдах диэн этиэхпин
Талба тыл кэрэтин
Талан да булбатым,

Оо, врач барахсан,
Оо, врач барахсан.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".