Ырыа кырдала > Колодезников И. > ДЬААҤЫ УҤУОР ЫРААХ СИРГЭ
ДЬААҤЫ УҤУОР ЫРААХ СИРГЭ10 января 2009, 18:24. |
Леонид Попов тыллара, И. Колодезников мелодията
Дьааҥы уҥуор ыраах сиргэ Дойдум миэнэ, дьолум миэнэ. Таба көлөм сыыдам түргэн, Аллаах атым эмиэ түргэн. Хос ырыата: Дьааҥы унуор, ыраах сиргэ Дойдум миэнэ, дьолум миэнэ. Массыынанан айанныыбын, Самолекка олоробун. Дьааҥылардыы ыллыы-ыллыы Куораттарга хонтолуубун. Хос ырыата. Сыыдам сырыы, түргэн айан. Бэйэм дьылҕам, бэйэм дьолум - Тунал тайҕам, туруук хайам Сирим-уотум, ийэ буорум. Хос ырыата. Ыраах сиргэ, Дьааҥы уҥуор Миигин күүтэр аҕам дьиэтэ. Быралыйбыт улдьаа уолум, Ийэ буоргар кэлиий диэтэ. Хос ырыата. « Төттөрү |