Ырыа кырдала > Калининский Алексей - Луҥха > ААН ДОЙДУ – САҺЫЛ СЫҺЫЫ
ААН ДОЙДУ – САҺЫЛ СЫҺЫЫ7 февраля 2008, 12:27. |
Семен Данилов тыллара
Мин санаабар тиллэллэр Оччотооҕу дьулаан күннэр, Tөhө да өллөллөр Бэриммэтэх герой дьоннор. Хос ырыата: Аан дойду — Саһыл Cыһыы Өстөөх киниэхэ кимэр-кимэр, Аан дойду — Саһыл Сыһыы Кинини өстөөххө биэримэ. Мин турабын атын кэм Атын түбүктээх киһитэ. Мин сүрэҕим күүскэ тэбэр, Мин сүрэҕим миэхэ этэр. Хос ырыата. Мин санаабар тиллэллэр Оччотооҕу герой дьоннор, Олоҕум чаһыыта тыаһыыр-тыаһыыр Саһыл Сыһыы, Саһыл Сыһыы! Хос ырыата. « Төттөрү |