ДЬЭРГЭЛГЭН Печать    
Христофор Горохов тыллара

Э-һэ-һээй! Хайалар, мырааннар
Холбоһуҥ мин ырыам тылыгар,
Чуораанныы чугдаарсар кыыһааннар
Үҥкүүлээҥ сардаҥа ыһыаҕар.

Хос ырыата:

Дьэргэлгэн, дьэргэлгэн тулабар
Хаар оонньуур, хаар оонньуур иннибэр,
Үчүгэй, үчүгэй айаммар
Тиийиэҕим,тиийиэҕим үөрүүбэр.

Э-һэ-һээй, э-һэ-һээй, э-һэ-һээй!
Дуорааннар бу көмүс манньыаттар,
Муҥура биллибэт саҕахтан
Ыһыллан утары сырсаллар.

Хос ырыата.

О-һо-һоой, о-һо-һоой, о-һо-һоой!
Кыыдаһын кылбаҥнас кыырпахтар
Үүт курдук үөһэттэн тохтоллор,
Мин уоспар хомуллан сүтэллэр.

Хос ырыата.

Э-һэ-һээй, э-һэ-һээй, э-һэ-һээй!
Санныбар кынаттар үүнэллэр,
Айантан сылайбат табалар
Атара сэлиинэн түһэллэр.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".