САХАМ СИРЭ Печать    
Т. Дьүүгэ тыллара

Алар тыалаах, алмаас баайдаах
Айхал сирэ — Сахам сирэ.
Күндү көмүс, көөнньөр кымыс
Дэлэй сирэ — Сахам сирэ.

Ынах үөскүүр, сылгы үөрдүүр
Үтүө сирэ — Сахам сирэ.
Саһыл оонньуур, саарба ууһуур
Саргы сирэ — Сахам сирэ.

Тайах таптыыр, таба ааллыыр
Талба сирэ — Сахам сирэ.
Дьолу көрдүүр, дьулуур үрдүүр
Дьоһун сирэ — Сахам сирэ.

Алар тыалаах, алмаас баайдаах
Айхал сирэ — Сахам сирэ.
Күргүөм үлэ, күүстээх сүрэх
Күүрэр сирэ — Сахам сирэ.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".