АХТЫЛҔАН Печать    
А. Кайгородова тыла

Оскуолаҕа үөрэммит
Кэрэ-бэлиэ күннэрбит
Сүүрбэ сыла ааһаннар
Өйдөөн-санаан кэллибит.

Эн төннүүй, эдэр саас, эдэр саас,
Эргиллиий үөрэммит сылларбыт,
Бу күҥҥэ, үөрүүлээх бу күҥҥэ
Ахтылҕан аргыстаах эргиллиий.

Баара этэ ол онно
Уруокпутун билбэккэ,
Иккини кууһан туран
Муннукка ытыырбыт.

Арай мэник оҕо саас, оҕо саас
Эргиллиий бу күҥҥэ, бу күҥҥэ,
Иэйиилээх эдэр саас, эдэр саас
Уоттара күлүм гыныый.

Баар этэ ол онно,
Тоҥуй таптал тыллара
Сүрэхпитин хаарыйан
Долгуталаан ылара.

Эн төннүүй эдэр саас, эдэр саас,
Эн төннүүй оҕо саас, оҕо саас
Бу күҥҥэ, үөрүүлээх бу күҥҥэ
Ахтылҕан аргыстаах эргиллиий.

Үчүгэйиэн, доҕоттор,
Өйдүү-саныы сылдьарга
Бары бииргэ үөрэммит
Үөрүүлээх күннэрбэр

Бу күҥҥэ, бу күҥҥэ чугдаарыый
Бүтэһик чуорааммыт ырыата,
Ахтылҕан аргыстаах, аргыстаах
Эргиллиий, үөрэммит сылларбыт


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".