Ырыа кырдала > Иванова-Сидоркевич Ольга > НЬИРЭЙ КӨРӨӨЧЧҮ КЫЫС ЫРЫАТА
НЬИРЭЙ КӨРӨӨЧЧҮ КЫЫС ЫРЫАТА15 августа 2007, 15:21. |
О. Иванова тыллара
Ньирэйдэрбин үүрэммин Дьиэрэҥкэйдии иһэммин, Ыллыыр көрдөөх тойукпун Ылыҥ-истиҥ, кыргыттар. Араас эдэр уолаттар Ааммын адьас саппаттар, Кэпсэтиһэн иһэннэр: "Кэргэн буолуоҥ дуо?" - дииллэр. Биригэдьиир Миитэрэй Билсиэн бэркэ баҕарар. Сэбиэдиссэй Лэгэнтэй Сэмээр кэлэн сэлэһэр. Председатель бэһирэр - Мэлдьи букет бэлэхтиир, Агроном уол баара Арахпакка иҥээнниир. Бары миигин хайгыыллар: "Баарбыт-суохпут эн", - дииллэр, Барар сирбэр маныыллар, Кэлэр сирбэр кэтииллэр. Ньирэйдэрбин иитэбин, Аналлаахпын ахтабын. Маныыһыты таптыыбын, Атыттары сирэбин. « Төттөрү |