ОЛЕНЕГОРСК ҺЭЭДЬЭТЭ Печать    
О. Иванова тыллара

Туундараттан табаһыттар,
Индигиртэн балыксыттар
Дьиэлэригэр төннөллөр,
Үөрэн-көтөн көрсөллөр:
Оленегорск бөһүөлэгэр
Түһүлгэҕэ мустаннар
Тоҥолохтон тутуһаннар
Үҥкүүлүүллэр һээдьэни.

һээдьэ-һээдьэ,
һээдьэ-һээдьэ,
Оленегорск һээдьэтэ.
һээдьэ-һээдьэ,
һээдьэ-һээдьэ,
һээдьэ - үөрүү үҥкүүтэ.

Эдэр ыалга оҕо төрүүр,
Аймахтара мусталлар.
Саҥа киһи малааһына -
Астаах остуол тардыллар.
Оленегорск бөһүөлэгэр
Түһүлгэҕэ мустаннар
Үөрэн-көтөн аймахтара
Үҥкүүлүүллэр һээдьэни.

һээдьэ-һээдьэ,
һээдьэ-һээдьэ,-
Оленегорск һээдьэтэ.
һээдьэ-һээдьэ,
һээдьэ-һээдьэ, '
Дьоллоох норуот үҥкүүтэ.

Норуот мустан кулууп дьиэҕэ
Чиэстиир туйгун булчуту,
Чиэстиир герой ийэни,
Чиэстиир үлэ геройун.
Оленегорск бөһүөлэгэр .
Болуоссакка мустаннар
Герой дьону олохтоохтор
Уруйдааннар ыллыыллар.

һээдьэ-һээдьэ,
һээдьэ-һээдьэ,
Оленегорск һээдьэтэ.
һээдьэ-һээдьэ,
һээдьэ-һээдьэ,
Дьиэрэй, норуот үҥкүүтэ.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".