Ырыа кырдала > Ильин Александр > ХАҺАН ЭРЭ
ХАҺАН ЭРЭ11 ноября 2007, 21:41. |
Тумус Мэхээлэ тыллара, Александр Ильин мелодията
Үүт-хайаҕас таһаарынан, Күө-дьаа буолан, Дьиэни-уоту, баайы-дуолу тэринэҥҥин, Көр, бу дьэ, киһи дэтэн, олох устун Сүүрэн-көтөн, көччүйээхтээн Кэлэн ааһыаҥ! Хаһан эрэ! Күнүм тыгыа... Күлүмүрдүө Күөлбэр түһэн, Көччүйүөҕэ күөх сирэмҥэ! Кэрии тыабар Кэҕэ этиэ... Кэпсиэ-ипсиэ Кэрэ кэми... Миэхэ буотах - Атыттарга!!! Күн сиригэр олох кэлэн, Букатынныы Олоруоххун, көччүйүөххүн Баҕараҕын! Туолбат санаа оонньуулара биһигини Эрэйдииллэр-мэһэйдииллэр Күнүн аайы... Хаһан эрэ! Күнүм тыгыа... Күлүмүрдүө Күөлбэр түһэн, Көччүйүөҕэ күөх сирэмҥэ! Кэрии тыабар Кэҕэ этиэ... Кэпсиэ-ипсиэ Кэрэ кэми... Миэхэ буотах - Атыттарга!!! « Төттөрү |