Ырыа кырдала > Гаврильев Иннокентий > УОЛ ОҔОТО
УОЛ ОҔОТО14 августа 2007, 23:07. |
Иннокентий Гаврильев тыллара
Чугас эргин көстүбэккин, Күлүк курдук сылдьаҕын, Хайа сиргэ, хара буорга Тиҥилэхтээн эрдэҕиҥ… Хос ырыата: Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах, Уол оҕото аҕыс кырыылаах, Ахсым айан аргыстаах, Айаннааах, алыптаах, айгылаах… Ыйыталлар ыллыктарым, Сураһаллар суолларым, Туйах тыаһын иһиллииллэр Ыалдьыттаабыт ыырдарыҥ. Хос ырыата. Кырдьа барбыт, түспэтийбит Киһи сиэрин тутуһан Тохтуу түһүҥ диэтэхпинэ Иэдэс биэрэн кэбиһэр. Хос ырыата. Ханнык эркин хайа тутуой Көҥүл күөннээх санааны? Хайа харгыс атахтыаҕай Айан куттаах саханы? Хос ырыата. « Төттөрү |