Ответить на сообщение

Вернуться к теме

автор: Мэҥкэрэ
Хаҥалда хобо тыаһынан
Уучах миинэн көрсө кэллиҥ
Омолой кыыһа Мэҥкэрэ.

Ыргахта ыйын үгэнэ
Түптэ буруотун күөдьутэр
Бытантай куота Мэҥкэрэ.

Дьирэ тааска силии ылҕаан
Айах тутар мааны майтал -
Дьааҥы дьарҕаата Мэҥкэрэ.

Талыы таһааҥ - кырса кыыллыы,
Биитэр тэһии чубукулуу,
Алыы кэрэтэ Мэҥкэрэ.

Хабдьы көтөр ханыытыныы
Нарын ньууруҥ кэхтибэккэ
Көрсүөххэ диэри, Мэҥкэрэ)))


Имя:    

  Фото (jpeg до 300Кб):