автор: Теннуу
Төннүү
Олох – түгэн. Тиэтэл. Түргэн.
Көтөр сүүрээн, ыксал күүрээн.
Күнүм бүттэ, куота сүттэ.
Тэҥҥэ сырсыах сэниэ да суох!
Дьоннуун саатаан, тапса сатаан –
Дьолу күүтэ, наар үтүктэ
Туттан – хаптан, тэһиин тутан
Суолбун тэлбит муҥум эбит.
Үөрүү кыыма сайа тыынна –
Үүнэр түүҥҥэ күөс быстыҥа
Суолбун үктүү, дьолбун түстүү
Төннүөм эмиэ ааспыт кэмҥэ.
Олох – түгэн. Тиэтэл. Түргэн.
Үөрэ – көтө, үөһэ көрө
Туттан – хаптан, тэһиин тутан
Төннүөх эмиэ ааспыт кэмҥэ.