Ответить на сообщение

Вернуться к теме

автор: Тэс гыннардым
Көҥүл күнэ.

Быйыл күһүн,
Сэмэнэпкэ
Куобах тыаттан
Тахса илигэ…

Ыркый кэннэ
Солооһуҥҥа
Бэйэ куобах
Куота ойдо.

Тиэтэл ытыы.
Тэйэ сүүрдэ.
Арай, онтон
Төннөн кэллэ!

Хараҕыттан
Уута сүүрэр,
Аҥаар харах
Субу сылдьар.

Сүүрэн тиийэн
Тутан ыллым,
Кэтэххэ биэрэн
"Тэс" гыннардым.

Көҥүл күнэ
Бүгүн туолан,
Төрүт бултан
Сүрэх үөрдэ.


Имя:    

  Фото (jpeg до 300Кб):