автор: Сарт
Тимирхаан
___ Силбиктээх иэйиим.
Элиэ көтөр ардаҕы ыҥыра
Үрдүктэн көрө иэйиибин дайытар -
Киэҥ куйаар килбиэннээх киэргэлэ
Кулуннуу кистии тиэтэтэ ыксатар.
Үлэ күөстүү оргуйар кэмигэр
Дойдум оҕото күөртүүрэ күндүтүөн –
Эргиир хаас ууруута, түстээһин
Уонна дьэ, бутэн хомуллуо ходуһам.
Ардах түстэ. Сүрэххэ дуоһуйуу.
Махтал тылларын анааммын этиэхпин
Айылҕам оҕото көстүбэт,
Силбиктэн саьан иэйиибин истибэт…