Ответить на сообщение

Вернуться к теме

автор: Быьый саха уола
Уруй Егоровка - Тимирхаантан - Кыайыыны ба5аран туран
__ Быһый саха __

Ааспыт оонньуу оройунан
Буолбут кылгас сүүрүүлэргэ
Кыайбыт – хоппут чулуу уолу
Санаан кэлэн киэн туттабын.

- Бастын сүүрүк, быһый саха
- Биэтэк суолга бастаан тахсыый,
- Кылбар кыайыы кынаттанан
- Мэлдьи эн, инники буолууй!

Быйыл эмиэ сытыы түргэн,
Күлүмэх күүрүү сүүрүүгэ
Бастыҥ бэлэм, дьолуо биэтэк,
Удьуор хаана үрдээн үөрдүн!

- Бастын сүүрүк, быһый саха
- Биэтэк суолга бастаан тахсыый,
- Кылбар кыайыы кынаттанан
- Мэлдьи эн, инники буолууй!

Ыччат саха ортотугар
Чыпчылҕан түгэнэ буолбут -
Түмүк чулуу өрөгөйгүн
Куота - көтө үрдэттиннэр.

- Бастын сүүрүк, быһый саха
- Биэтэк суолга бастаан тахсыый,
- Кылбар кыайыы кынаттанан
- Мэлдьи эн, инники буолууй!


Имя:    

  Фото (jpeg до 300Кб):