Ответить на сообщение

Вернуться к теме

автор: Cай
Танха халыыбар хааттара.

_ Сай сахпыт иэйиитэ _

Сиккиэр тыал сөрүүн
Чөл сүүрүгэр бигэнэн,
Дьаарбай дуу сэргэ
Мин ырыам ыллыгынан,
Хоһоонум хонуутунан.

Сылаас ардахтан
Ойуур тыа ситэн – тупсан,
Тыынар салгыным
Сүрэхпин сылаанньытан
Дуоһута да тыыннарда.

Маннык кэмҥэ от
Хамныы – хамсыы ситэрэ,
Хайа саханы
Төрүт буорун уйгута
Үөрдүбэтэ буолуоҕай?!

Отуум аттыгар
Хоммут уоспун хоҥнорон,
Аптаах иэйиибин
Босхо ыытан көччүтэн
Күөлэһитэн ылабын.

Талбанныын бииргэ
Дойдум күөҕүттэн үөрэн,
Сай сахпыт уотун
Уран тылын сааһылаан
Амалыйда5ым буоллун!
__ timirkhan@mail.ru __


Имя:    

  Фото (jpeg до 300Кб):