Ответить на сообщение

Вернуться к теме

автор: Тимирхаан

- Дьыл5ам бэлэ5э. -

Саха нарын кыыһа –
Ыһыах кэрэ Куота,
Хаамсыах эрэ сэргэ
Хата, бииргэ.
- Түһүлгэ киинигэр -
- Оһуокай оонньууга
- Сэргэстэһэ киирэн
- Көтүөх тэҥҥэ…

Киэһэ сөрүүн түһэн
Куустуһан хаамсабыт,
Харахтар мичээрдии
Кэпсэтэллэр.
- Тахсар күнү көрсөн
- Айыыга тиксэбит,
- Биир буолбут сүрэхтэр
- Үөрүүлэрин.

Умнубат өйдөбүл -
Үрүҥ тунах ыһыах,
Олоҕу түстээбит
Дьоллоох түгэн.
- Тапталбын харыстыам
- Мин дьыл5ам бэлэҕин,
- Өрүү үөрдэ сылдьыам
- Мин эйигин.


Имя:    

  Фото (jpeg до 300Кб):