Ырыа кырдала > Филиппов Л. > ЫЛЛАА, ЫЛЛАА, САХА КЫЫҺА!
ЫЛЛАА, ЫЛЛАА, САХА КЫЫҺА!15 августа 2007, 23:32. |
С. Дадаскинов тыллара
Ыллыыр кэмҥэр мин харахпар Нэлэһийэн аһыллар: Улуу Лена урсуна, Устар-көмүс долгуна! Ыллаа, ыллаа, саха кыыһа! Ыллыыр кэмҥэр мин кулгаахпар Дьиэрэһийэн иһиллэр: Хомус нарын иэйиитэ, Сайын кэҕэ этиитэ! Ыллаа, ыллаа, саха кыыһа! Ыллыыр кэмҥэр мин сүрэхпэр Сүүрүгүрэн кутуллар: Сайылыгым салгына, Самаан кымыс бастыҥа! Ыллаа, ыллаа, саха кыыһа! Ыллыыр кэмҥэр мин иннибэр Сырдык аартык тэлэллэр: Ыраах суолга ыҥыра, Үрдүк дьолго угуйа! Ыллаа, ыллаа, саха кыыһа! « Төттөрү |