ЫЛЛАА, ЫЛЛАА, САХА КЫЫҺА! Печать    
С. Дадаскинов тыллара

Ыллыыр кэмҥэр мин харахпар
Нэлэһийэн аһыллар:
Улуу Лена урсуна,
Устар-көмүс долгуна!

Ыллаа, ыллаа, саха кыыһа!

Ыллыыр кэмҥэр мин кулгаахпар
Дьиэрэһийэн иһиллэр:
Хомус нарын иэйиитэ,
Сайын кэҕэ этиитэ!

Ыллаа, ыллаа, саха кыыһа!

Ыллыыр кэмҥэр мин сүрэхпэр
Сүүрүгүрэн кутуллар:
Сайылыгым салгына,
Самаан кымыс бастыҥа!

Ыллаа, ыллаа, саха кыыһа!

Ыллыыр кэмҥэр мин иннибэр
Сырдык аартык тэлэллэр:
Ыраах суолга ыҥыра,
Үрдүк дьолго угуйа!

Ыллаа, ыллаа, саха кыыһа!


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".