ЫЛЛААТЫН, САЛЛААТ ЫЛЛААТЫН Печать    
П. Максимов тыллара

Тумаҥҥа сир Ийэ үрдүнэн
Саллааты айаҥҥа угуйа,
Дуорайда дьыбардаах сарсыарда
Дууһаны долгутар көй ырыа

Хос ырыата:

Ыллаатын, саллаат ыллаатын
Сааскы этиҥнии ньирилии,
Сир ийэ талбаара иһиллиир
Ил-эйэ, дьол-соргу ырыатын,
Ыллаатын, саллаат ыллаатын
Сахалыы!

Тэргэннэр тыастара сүппүтүн,
Дойдуга ил-эйэ кэлбитин,
Тэлгэһэ аайытын ньургуһун
Наскыйа наҕыллык үүммүтүн.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".