Ырыа кырдала > Егоров Николай > ТАБАҺЫТ УОЛ ЫРЫАТА
ТАБАҺЫТ УОЛ ЫРЫАТА30 сентября 2007, 18:25. |
Н. Егоров тыла
Сыарҕалаах табанан көтүтэн, Туундарам киэҥ ньуурун устунан, Дьүкээбил суһумнуур суолунан Тиийиэҕим сэгэрбэр, доҕорбор. Хос ырыата: Эн дьиэрэй, мин ырыам, эн дьиэрэй, Туундарам халлаанын аннынан. Эн дьиэрэй, мин ырыам, эн дьиэрэй, Тиийиэдим сэгэрбэр, доҕорбор. Силлиэни-буурҕаны силэйэн, Тоҥ хаары тобулу үктээҥҥин, Чэй эрэ, табакам, айаннаа, Сэгэрбэр, доҕорбор тиийиэхпин. Хос ырыата. Ыйдаҥам, эн күүскэ сандаарыый, Табакам, туллуктуу эн көтүүй, Түргэнник, мин дьиэбэр эн илдьиий Сэгэрбэр, додорбор, тапталбар. Хос ырыата. « Төттөрү |