Ырыа кырдала > Егоров Алексей > ҮӨРҮҮ
ҮӨРҮҮ26 ноября 2008, 22:36. |
Наталья Михалева – Сайа тыллара
Дьүрүһүйэр чуораанчык Дьүһүйбүтэ буолуо дуу? Үрүлүйэр бу сырдык Үлүскэнэ буолуо дуу? Үлүскэнэ буолуо дуу? Хос ырыата: Үрүҥ көмүс кыталык Үҥкүүлүүрүн кэриэтэ, Үчүгэйиэн, үчүгэйиэн сүрэхпэр! Үөмэн кэлбит үөрүүлэр Үүйэ-хаайа туттулар, Үрүмэччи иэйиилэр Үөмэхтэһэ түстүлэр, Үөмэхтэһэ түстүлэр. Хос ырыата. Өйдөппөккө кэлбиккэр Өрөөн, тохтоон ааспыккар, Өрөгөйдөөх бу түгэн Өрүү махтал буолуохтун! Өрүү махтал буолуохтун! Хос ырыата. « Төттөрү |