МЭЛДЬИ БИИРГЭ БУОЛУОХ Печать    
Михаил Тимофеев тыллара

Эйигиттэн арыый тэйэн,
Киэһэ хойут кэллэхпинэ,
Имиҥ кэйэ, иэдэс биэрэ
Унаарыччы көрдөххүнэ, —
Мэлдьи бииргэ буолуох санаам
Миэхэ өссө күүһүрэр.
Мин уруккум курдукпун,
Уларыйыа, уларыйыа,
Уларыйыа суохпун.

- Ханна сылдьан, хойутааҥҥын
Кэлэҕиний? — диириҥ тэҥэ
Ыллыыр ыгым мүнүүтэҕэр, —
Мэлдьи бииргэ буолуох санаам,
Мэлдьи бииргэ ыллыах санаам
Миэхэ өссө күүһүрэр.
Мин уруккум курдукпун,
Уларыйыа, уларыйыа,
Уларыйыа суохпун.

Ыллыах бииргэ, Ымыычааныам,
Көмүс кылы тэҥҥэ охсуох,
Эн санныгар ыга сыстыам,
Ыллыы, ыллыы эрэ, сылдьыах!
Мэлдьи бииргэ буолуох санаам
Миэхэ күүспэр күүс эбэр.
Мин уруккум курдукпун,
Уларыйыа, уларыйыа,
Уларыйыа суохпун.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".