ЫРА САНАА Печать    
А.Кривошапкин тыллара

Ыра санаа,
Ыраас санаам
Туллук буолан
Тула дайда.
Көөчүктэнэн күлүмнээтэ,
Ситтэрбэккэ эрэйдээтэ.

Хос ырыата:

Ыра санаа,
Ыраас санаам
Харах симсэн
Оонньуур курдук
Аттыбынан,
Ыксабынан,
Сиккиэрбэхтээн
Симэлийэр.

Ыра санаа,
Ыраас санаам.
Хаһан тутан дьоллонобун,
Таптыыр кыыспын илэ сиэтэн
Тэлгэһэбэр киллэрэбин.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".